воскресенье, 9 ноября 2014 г.

Мин дьоллоох этим

Былыыр-былыр, мин төрүөм быдан иннинэ,
Буор да кутум айылла илигинэ,
Мин сиик дуу, сибэкки дуу эрдэхпинэ
Син биир илбиһирэрим эйигинэн.
     Сиик таммаҕа буолан, күҥҥэ чаҕылыйан,
     Эн күн дууһаҕын үөрэ үтүктэрим,
     Сибэкки буолан, кырааска нарынынан
     Эн айыы ньууруҥ силигин ситэрэрим.
Сыллар ааһаллара. Мин киһи буолуубар,
Мин ийэ куппар, буор куппар барытыгар
Эн баар этиҥ. Эн бааргын экчи билэрим:
Түүн түһээн көрөрүм, күнүс ирдиирим.
     Саллар сааспар эйигин көһүттүмм,
     Саллар сааспар эйигин эрэ көрдөөтүм:
     Мин сииккэ сиэллим, мин халтай хаарга хаамтым
     Орто туруу дойдубуттан эйиигин булбатым.
Ол эрээриОл эрээри, мин дьоллоох этим
Эн сирдээҕи образкын айбыппыттан,
Кэмсиниэм эрэ буолуо күнүм киириитэ
Эйиигин көрбөтөх аанай абаккабыттан.


Сэмэн Данилов

среда, 5 ноября 2014 г.

Н.Д.Неустроев


Описание: http://forums.ykt.ru/images/rupor.gif


Ээ, Сахаада! Эрэйдээх Сахаада!
У»уктан тураЅЅын, оруЅЅун булунуй!
Аєа дойдуо! А»ыныылаах дойдуо!
 
Айгыстан тураЅЅын, аналгын к№рјнјјй!
ТоЅтон толлубат,
Дьонумсах саЅнаах,
Дьорєоот санаалаах
ТуЅуй тулаайах уолаттаргын,
Кэмтэн кэхтибэт
Эйэєэс хааннаах,
Ийэмсэх иЅнээх,
Элэккэй эЅин кыргыттаргын
Кимиэхэ эн сэлээнниигин?!
Кјрј№єэр-билэєэр
К№йг№л№№н иитэр
КјнјЅ оєолоро
Ордук к№мјскэс буолаайаллар
Кјндј к№чч№хт№ргјнээєэр
Амныа дьонноргор
Аччата саныыр
Айыын сиэннэрэ
Хата а»ыныах буолаайаллар
Мааны бараахтаргынааєар
Улахан биистэр
ОЅо»уу тылларын
Уралдьылыырын
Ордук на»аа ночооттоох буолаарай? -

Омуккун олус умнума!
Аєас омуктар
Аан албастарын
Араас №йд№рјн
Алгыырын абалаах буолаарай? -
АаЅЅын алыс на»аа арыйыма
Улуу јрэхтэр
Ойоєосторугар
Оєо дьоннорун
Тоєо умса-т№нн№ тјстјлэр?
 
Туохтан дьонуЅ-сэргэЅ долгуйда?
Оол кэтэх тыалар
Кирбиилэригэр
Кэрэ дьоннорун
Ким иннигэр кэлэйдилэр?
Ки»ин-сј№»јн тоєо дьигиргээтэ?
Кэлэр кэмнэргэ
 
Киртитэн испит
Кэрэ дьонноргун
Кэрэхсиир кјнјЅ кэлиэєэ да,
Кинилэр Кэмчитийэн биэриэхтэрэ...
Атын дьылларга
Амныалыы саныыр
Айыын аймаєыттан
Хастара хааларын ааєан к№р№№р,
Оччоєо, баєар, хойут буолуоєа!